Урут бобуллубут айымньылар
2.9 из 5, отдано 15 голосов
Хас биирдии айар куттаахха улахан толкуйунан, дириҥ иэйиинэн, сындааһыннаах сыранан айыллыбыт алгыстаах айымньыта төрөппүт оҕотун кэриэтэ күндү. Таптаан, маанылаан улаатыннарбыт ыччатыҥ кыаҕыран, атаҕар туран туспа барарыныы, айымньы эмиэ айааччытыттан арахсан, бэйэтэ туспа хатыламмат олохтонор – баҕар, былыта суох халлаан анныгар бараммат уйгулаах баайтан сомсо чэпчэкитик уйдаран иннин диэки дьулуһуоҕа, оттон сорохтор…үөйбэтэх өттүттэн уустук дьылҕаламмыт төрөппүтүн ыар сүгэһэрин тэҥҥэ үллэстэн бобууга, хаайыыга түбэһэр төттөрү төлкөлөнүөҕэ.
Бу хомуурунньукка сүүмэрдэнэн киирбит оннук айымньылар бэйэлэрин кэмнэригэр улахан мөккүөрү тарпыттара, онтон сылтаан туора сотуллубуттара, күөгэйэр күннэригэр сылдьар суруйааччылар оччотооҕу тоталитарнай систиэмэ сиэртибэтэ буолан сорохторо ытылларга уураахтаммыта, ааттара кистээн сибигинэйэн этиллэр буолбута; оттон атыттар, дьоллоругар хойутаан төрөөбүт ааптардар, тус олохторо улаханнык огдолуйбута, айар дьоҕурдара харгыстаммыта, итинтэн бүдүрүйэн дьоһуннаах аат-суол тэпсиллибитэ…
Читать книгу «Урут бобуллубут айымньылар» онлайн: